Версия сайта для слабовидящих
27.11.2026 11:29

Олоҥхо дьыктыаана - 2026

ii (1)

Олоҥхо күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи Декада чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит, олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа сэтинньи 25 күнүгэр, олохтоох бибилэтиэкэҕэ ыытылынна.
Дьыктаан тиэкиһэ - П.П.Ядрихинскай - Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы.
Дьыктааҥҥа кыттыыны ылбыт дьоҥҥо барыларыгар туоһу сурук уонна биир дойдулаахпыт Ийэ олоҥхоһут А.Е.Соловьев - Соһу олоҕун уонна айар үлэтин туһунан кинигэлэр туттарылыннылар!📄📚😍
Аахсыйаҕа кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммор махтал!❤